Файл: Икки игирэ кыыстыы Икки кэккэлэспит хаастардаах.docx

ВУЗ: Не указан

Категория: Не указан

Дисциплина: Не указана

Добавлен: 28.03.2024

Просмотров: 21

Скачиваний: 0

ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.

Мин ийэм

Икки игирэ кыыстыы

Икки кэккэлэспит хаастардаах.

Игирэ кыһыл отон уостардаах,

Имнэрэ – саһарҕалыы тэтэркэй,

Ийэм миэнэ – кэрэ даҕаны!

Ийэм асчыт ааттааҕа -

Итии бэрэскитин, арыылаах алаадьытын

Илиибэр ыламмын

Иҥсэлээхтик уобабын.

Ийэбин олус да таптыыбын!

Иитэр айылҕаны харыстыырга,

Иһиттээх тахсан сир астыырга.

Иккиэммитин сиэтэ сылдьан

Иитэр-үөрэтэр өрүүтүн.

Ийэбинэн киэн туттабын!

Иһийэн олорон уруһуйдуурга,

Илии дьоҕурун сайыннарарга

Интэриэһи үөскэтэр

Искусство эйгэтигэр.

Ийэм миэнэ – учуутал!

Иэйиитэ киирдэҕинэ

Ис иһиттэн ырыаһыт.

Имигэс тарбахтаах

Иистэнэрин сөбүлүүр.

Ийэм миэнэ талааннаах!

Ийэни аһыныахха,

Ийэни харыстыахха, кууһуохха,

Ийэни күүскэ-күүскэ таптыахха!

Ийэ баар буолан

Иитиллэн тахсабыт биһиги!

“И” буукубаны бүтүннүү туһанан

Ийэбин хоһооҥҥо хоһуйдум.

Истибиттэргэ-аахпыттарга

Ис сүрэхтэн махтал буоллун!
Өркөн Романов 1 кылаас үөрэнээччитэ уонна кини ийэтэ Романова А.В..